21 Сэтинньи 21.11
  • -32°
  • $ 100,22
  • 105,81

Саха сирин учуонайдара Арктикаҕа кэтиллэр "өйдөөх" таҥаһы толкуйдууллар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин учуонайдара хотугу эргимтэҕэ кэтиллэр, киһини тымныыттан харыстыыр «өйдөөх» таҥас технологиятын айаллар.  Электроннай текстиль оксид графеҥҥа олоҕуран оҥоһуллар. Ол туһунан М.К. Аммосов аатынан ХИФУ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ, суруйар ТАСС. 

«Маннык таҥас тыйыс килиимэккэ барсар. Механическай ноҕуруусканы тулуһар, оҥоруута боростуой, чэпчэки, туһанааччыга куттала суох«, — суруйда пресс-сулууспа.

Саҥа чинчийии туһунан Хотугу форум кэмигэр ХИФУ «Графеновые технологии» лабораториятын научнай сотруднига Захар Евсеев кэпсээтэ. Кини эппитинэн, ураты таҥас «олох суолталаах көрдөрүүлэрин монитордуохтаах».

«Үгүс таҥас тыйыс кыһыны тулуйбат. Ордук Арктика усулуобуйатыгар үлэлиир анал сулууспаларга«, — пресс-сулууспа Евсеев тылларын цитаталыыр. Кини бэлиэтээбитинэн, оксид графены кытта элбэх үлэни ыытыахха наада: таҥастан түргэнник суураллар, ити эрээри технологията производствоҕа туттууга кэскилэ улахан.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА