22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сирин оройуоннарыгар бырамыысыланнас хампаанньаларыгар каадырдары хомуйуу салҕанар

14:00, 29 марта 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өрөспүүбүлүкэ үс оройуонугар бырамыысыланнас хампаанньаларыгар үлэҕэ ыларга каадырдары сүүмэрдээһин ыытылынна. СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун департаменын икки бөлөҕө “Колмар”, “Якутуголь”, “Золото Селигдара” хампаанньалары кытта Чурапчы, Таатта, Горнай улуустарыгар сырытта.


Тэрилтэ бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алексей Павлов салайааччылаах бөлөх Чурапчыга сырыытын кэмигэр 50 киһи сүбэ-ама ылла. Хампаанньалар 24 киһини салгыы көрөргө таллылар. Аҕыс хандьыдааты анал идэҕэ үөрэтэргэ этии киллэрдилэр.

Таатта оройуонугар 24 киһиттэн 6 киһи сайаапкатын бигэргэттилэр.

Гаврил Харлампьев салайааччылаах иккис бөлөх Горнай оройуонугар үлэлээтэ. Бу оройуон үлэтэ суоҕун ахсаанынан үһүс миэстэлээх. Күн устата 100 киһи кэлэн кэпсэттэ, кинилэртэн 55 киһи сайаапка биэрдэ. Итилэртэн үлэҕэ ыларга 33 киһи сайаапкатын бигэргэттилэр, 22 олохтоох киһини үөрэххэ ыытар буоллулар.

Бу тэрээһин кэмигэр хампаанньалар бэйэлэрин үлэлэрин билиһиннэрдилэр, видеороликтары көрдөрдүлэр, оройуон салалтатын кытта оробуочай мунньахтар ыытылыннылар.

Кулун тутар 30 күнүгэр диэри Нам, Уус Алдан уонна Амма оройуоннарыгар тиийэр баҕалаахтар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА