М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтэ үөрэххэ ыҥырар. Үрдүк үөрэх кыһата бакалавриат (Б), специалитет (С), магистратура (М), аспирантура (А) таһымынан хайысхаларга үөрэтэр.
- Култуура үөрэҕэ (Культурология) – Б – 11, М – 31;
- Тыл үөрэҕэ (Филология) — Б – 33, М – 25, А — 3;
- Лиҥкибиистикэ (Лингвистика) – М — 9;
- Туур айан (Туризм) — Б – 35, М – 16;
- Сиэрбис (Сервис) – Б – 34;
- Норуот уус-уран култуурата (Народная художественная культура) — Б – 26, М – 14;
- Ыччаты кытта үлэни тэрийии (Организация работы с молодежью) – Б- 10;
- Литэрэтиирэ айар үлэтэ (Литературное творчество) – С – 18;
- Учуутал үөрэҕэ (Педагогическое образование) — Б – 33, М – 7.
«Манна барытыгар Арассыыйаттан көрүллүбүт 302 бүддьүөт миэстэтэ баар. Кытаатыҥ, судаарыстыба суотугар босхо үөрэнэн, сөбүлүүр идэҕитин баһылааҥ, Сахабыт сирэ чэчирии сайдарын туһугар тус кылааккытын угуҥ«, — диэн абитуриеннары ыҥырыыга суруллар.
Үөрэххэ туттарсыы туһунан сиһилии иһитиннэриини https://priem.s-vfu.ru/ саайтан булуоххут.
Хос быһаарыы: RAEX ааҕыныстыба биэрсийэтинэн, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа үрдүк үөрэхтэрин кыһаларын эриэйтинигэр 33-с таһымҥа турар. Оттон Forbes сурунаал эриэйтининэн, үнүбэрситиэт Арассыыйа 100 бастыҥ үөрэх кыһатын ахсааныгар киирэр, 63-с таһымҥа сылдьар.