Саха сиригэр 2024 сылга ойууру харыстааһыҥҥа бэриллэр суума 2,7 млрд солк тахса. Былырыын бу суума 2,5 млрд солк. Үбүлээһин өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан эбии көрүү суотугар улаатта. Ол туһунан ТАСС-ка регион экологияҕа министиэристибэтэ эттэ.
«Үбүлээһин ойуур баһаара тахсыытын, тэнийиитин сэрэтиигэ, маны таһынан уоту умуруорууга көрүллэр», — диэн информагентство министиэристибэ иһитиннэриитин тириэрдэр.
Федеральнай бюджеттан Саха сирин ойуурдарын харыстааһыҥҥа 1 млрд 619 мөл солк, регионтан — 1 млрд 85 мөл солк көрүлүннэ.