#МЫВМЕСТЕ! хамсааһын волонтердара уонна Саха сирин Уһук Илиҥҥэ бэрэстэбиитэлистибэ сотрудниктара 200 кг гуманитарнай көмөнү Хабаровскай байыаннай госпиталга уонна Князе-Волконское бөһүөлэк уокуруктааҕы үөрэтэр кииҥҥэ тиксэрдилэр.
Ол туһунан брифиҥҥэ УИУо Саха сирин бэрэстэбиитэлин солбуйааччы Валерий Протопопов эттэ. «Хабаровскай уонна Приморскай кыраайдар госпиталларыгар үлэлиир быраастарга Дьокуускай психологтара үлэлииллэр. Икки психолог Уссурийскайга уонна Сергеевкаҕа байыастары кытта үлэлииллэр», – диэтэ кини.
Маны сэргэ мотострелковай биригээдэҕэ «Хоту Тент» хампаанньа антидроновай пологтарын биэртэлээтилэр. Гуманитарнай көмө «Якутия с тобой!» хамсааһын штабыгар Саха сирин олохтоохторунан хомулунна.
Протопопов бэрэстэбиитэлистибэ мобилизованнайдар аймахтарын боппуруоустарынан салгыы үлэлиир, докумуоннары оҥорор диэн эттэ.