Саха сиригэр өрөбүллэргэ ардах түһэрин сылыктыыллар, сорох оройуоннарга инчэҕэй хаардыаҕа уонна күүскэ тыалырыаҕа, диэн Саха сиринээҕи УГМС иһитиннэрэр.
Дьокуускайга субуота түүн уонна сарсыарда кыра ардахтыаҕа. Күнүс салгын температурата +10 …+12° буолуоҕа, түүнүн -1 +1° диэри тымныйыаҕа.
Баскаһыанньаҕа арҕаа, киин уонна сорох хотугулуу-илин оройуоннарга кыра ардах түһэрин сылыктыыллар. Өлүөнэ аллараа устун инчэҕэй хаардыаҕа, Анаабыр уонна Булуҥ оройуоннарыгар сөкүүндэҕэ 25-28 миэтэрэҕэ диэри күүстээх тыал түһэрэ күүтүллэр.
Соҕуруулуу-арҕаа оройуоннарга өрөбүллэргэ сылаас туруоҕа, күнүһүн салгын температурата +15°+20 ° кыраадыска тиийэ сылыйыаҕа. Киин оройуоннарга термометр +10 ° + 15° көрдөрүөҕэ. Хоту, хотугулуу-арҕаа — 0 +5° кыраадыс тымныы буолуоҕа.