22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр Саҥа дьыллааҕы Харыйаҕа анаммыт бэһи бэлэмнээһин саҕаланна

12:01, 09 декабря 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Якутлесресурс» тэрилтэ нэһилиэнньэ туттуутугар Саҥа дьыллааҕы Харыйаҕа анаан бэһи бэлэмнээһини саҕалаата. Баҕалаахтар маһы бэйэлэрэ кэрдиниэхтэрин сөп, ити эрээри онно көҥүл ылыахтаахтар.


Атыыга Саҥа дьыллааҕы сүрүн атрибут өссө тахса илик. Дьокуускайга быһа барыллаан ахсынньы 15 күнүттэн саҕаланыаҕа. Сыаната, «Якутлесресурс» этэринэн,  500 — 2000 солк, СИА-ҕа экология министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Сиһилии бу төлөпүөнүнэн билсиэххитин сөп: +7 962 730-37-46.

Экология министиэристибэтэ көҥүлэ суох маһы кэрдии бобуулааҕын өссө биирдэ санатар. Административнай эбэтэр холуобунай эппиэтинэскэ дьыала тэриллиэн сөп.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА