Саха сиринээҕи УГМС региоҥҥа муус устар 28 күнүнээҕи күн-дьыл туругун иһитиннэрдэ.
Өрөспүүбүлүкэ арҕаа уонна соҕуруу өттүгэр синоптиктар кыра, сорох сирдэринэн орто инчэҕэй хаар уонна ардах түһэрин сабаҕалыыллар. Киин улуустарга сорох сирдэринэн кыракый хаар, ардах түһүө. Хотугулуу-илин, Халымаҕа уонна Өлүөнэ аллараа тардыытынан улахан сөҥүү күүтүллүбэт.
Арҕаа Өлүөнэ алын тардыытынан сорох сирдэринэн сөкүүндэҕэ 9-14 миэтэрэҕэ диэри тыал күүтүллэр. Анаабыр уонна Булуҥ оройуоннарын кытылларыгар сорох сирдэринэн тыал сөкүүндэҕэ 17-22 миэтэрэҕэ тиийэ күүһүрүөҕэ.
Түүн киин улуустарга — -1…-6 кыраадыс, арыллар кэмигэр -6 … -11. Хотугулуу-илин уонна Халымаҕа — -12…-17, хотугулуу-илин намыһах сирдэринэн -18…-23. Соҕуруулуу-арҕаа миэстэлэринэн 0…+5.
Күнүс киин улуустарга +7…+12, хотугулуу- илин — +2…+7, Халымаҕа — -5…-10. Оттон соҕуруулуу-арҕаа чахчы сылаас буолуоҕа: +12…+17 кыраадыс.
Дьокуускайга күн улахан сөҥүүтэ суох ааһыа. Түүҥҥү температура 0 … -2. Күнүс +8…+10 кыраадыс, хотуттан тыаллаах, сөкүүндэҕэ 3-8 миэтэрэҕэ диэри.



