27 Муус устар 27.04
  • -6°
  • $ 92,01
  • 98,72

Саха сиригэр ойуур баһаарын барытын умуллардылар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сууккаҕа Уус-Маайа оройуонугар 56 тыһыынча гектар иэннээх сиргэ улахан ойуур баһаара умуруорулунна. Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар саҥа баһаар көстүбэтэ. Онон Саха сиригэр ойуур баһаара билигин суох, диэн регион оперштаба иһитиннэрдэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, былырыын баччаҕа уопсайа 359 479 гектар иэннээх сиргэ 35 ойуур баһаара умайа турбута.

«Баһаартан сэрэхтээх кэм саҕаланыаҕыттан уопсайа 573 168,01 гектар иэннээх сиргэ, 527 ойуур баһаара  регистрацияланна», — диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи оперштаб иһитиннэрдэ.

Былырыын баччаларга уопсайа 7,5 мөл. гектартан тахса иэннээх сиргэ 1519 ойуур баһаара бэлиэтэммит.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар