19 Муус устар 19.04
  • -0°
  • $ 93,44
  • 99,58

Саха сиригэр үс ойуур баһаарын умуруорууга үлэ барар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Атырдьах ыйын 15 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар барыта 69 693 гектар иэннээх сиргэ 11 ойуур баһаара, Уус-Маайа, Орто Халыма, Өймөкөөн, Томпо, Өлүөхүмэ уонна Аллараа Халыма оройуоннарыгар умайа тураллар, олортон 53 705 гектар иэннээх сиргэ үс баһаары умуллара сылдьаллар.

Баһаар умулларыытыгар барыта 541 киһи үлэлиир, олортон 484 парашютнай- десантнай сулууспата, 52 киһи ойуур баһаарынай- эдесантнай сулууспа, уонна олохтоох нэһилиэнньэттэн 5 киһи.  Ону тэҥэ, 8 тиэхиникэ үлэҕэ тардылынна.

Регионнааҕы оперштаб дааннайынан, Өймөкөөн оройуонугар 7 гектар уопсай иэннээх сиргэ биир ландшафтнай баһаар салгыы үлэлиир.

«Былырыын баччаҕа 4,5 мөл. гектар иэннээх сиргэ 163 ойуур баһаара үлэлии турбута», — диэн оперштаб иһитиннэрэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар