27 Муус устар 27.04
  • $ 75,53
  • 88,28

Саха сиригэр дьону чэпчэтиилээх эминэн-томунан хааччыйыы боппуруоһа быһаарыллар

20:23, 27 апреля
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Быйыл чэпчэтиилээх эминэн хааччыйыыны үбүлээһин былырыыҥҥыга холоотоххо икки төгүл улаатта — 1,9 млрд солкуобайтан 3,8 млрд солк.диэри. Тиэрдии кииннээн ыытыллар. Ол туһунан Саха сирин баһылыга Айсен Николаев муус устар 27 күнүгэр быһа сибээс кэмигэр кэпсээтэ.

«Биһиги биир нэһилиэнньэлээх пуун иһинэн эмтэр сыаналара уонча бырыһыан уратыласпаттарын туһугар «Сахафармация» нөҥүө аҕалыыны кииннээбиппит. Ити хайыы-үйэ түмүгү биэрэр. Мин бу боппуруоһу хонтуруолга тутабын», – диэн Айсен Николаев иһитиннэрдэ.

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга бэлиэтээбитинэн, кыһалҕалаах боппуруоһунан Саха сиригэр олороллорун туоһулуур регистрациялаах буолан баран, Россия киин уонна соҕуруу регионнарыгар олорор чэпчэтиилээх эминэн-томунан хааччыллыыга сөп түбэһэр дьон. Айсен Николаев бу өйөбүл дьаһалын кинилэр ылалларын туһугар балаһыанньаны көннөрүөхтэрэ диэн эрэннэрдэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА