«Чистая Арктика» федеральнай масштабтаах бырайыак аан бастаан үлэлээбит регионнарыттан биирдэстэрэ Саха сирэ буолар. 2021 сыл атырдьах ыйыгар Булуҥ улууһун Тиксиитигэр стартаабыта.
Бу кэм иһигэр 850 туонна тимир хомулунна, 33 гектар сир ыраастанна. Ол туһунан регион салалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Дойду президенэ Владимир Путин уонна Ил Дархан Айсен Николаев Арктиканы өр кэмҥэ мунньуллан сыппыт бөхтөн ыраастааһыны кэлэр сылларга биир сүрүн сорук быһыытынан ааттыыллар.
Бу сылга «Чистая Арктика» бырайыак географията кэҥиэҕэ. Булуҥ улууһун Тиксии уонна Ньайба, Дьааҥы оройуонун Баатаҕай уонна Эһэ Хайа, Аллайыахаҕа Чокурдаах, Усуйаанаҕа Усть-Куйга уонна Нижнеянскай бөхтөн ыраастаныахтара», – диэтэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Ольга Балабкина.