Уус-Майа оройуонугар оскуола выпускнига БКЭ икки предметигэр 100-түү баалы ылла. Уол өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан 200 тыһ солк тутуоҕа.
«Быйыл сүрүн предмеккэ сэттэ оҕо 100-түү баалы ылла. Уус-Майа улууһун А.А. Константинова аатынан Эльдикээн оскуолатын выпускнига икки предмеккэ 100-түү баалы ылла. Биирэ нуучча тыла, иккиһэ нуучча литературата. Онон 200 тыһ солк тутуоҕа» — диэн телеграм-ханаалыгар Саха сирин баһылыга Айсен Николаев суруйда.
Нуучча тылларын биир да сыыһата суох өссө үс оҕо Дьокуускай куорат оскуолаларыгар суруйда — Н.О.Кривошапкин аатынан №5-дээх орто оскуола, өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей уонна Норуоттар ардыларынааҕы Арктика оскуолатын выпускниктара. Туйгун көрдөрүүнү мииринэйдэр ыллылар — политехническай лицей уонна английскай тылы дириҥэтэн үөрэтэр №12-дээх орто оскуола.
Саха сиригэр бэс ыйын 15 күнүнээҕи туругунан, БКЭ 100-түү баалы ылбыт 17 выпускник баар.
Санатар эбит буоллахха, Саха АССР 100 сылыгар анаан БКЭ-тигэр 100 баалы ылбыт оҕоҕо 100 тыһ солк ананарын туһунан этиллибитэ.