2024 сылга авиация ис суолларыгар субсидияҕа 1,029 млрд солк көрүллүбүт. Ол иһигэр оройуон иһинээҕи көтүүлэргэ 404 мөл солк, 14 Арктика суолларынан 625 мөл солк.
Тоҕус ыйга 17 тыһыынча пассажир 112 маршрутунан 22 оройуоҥҥа өҥөнөн туһаммыт, оройуон иһинээҕи айаҥҥа 14 Арктика нэһилиэнньэлээх пууннарыттан Дьокуускайга диэри уонна төттөрү 24,8 тыһыынча пассажир анал тарыыбынан көппүттэр.
Билигин былааннаах кэмҥэ субсидиянан хааччыллыыга былааннаах үлэ ыытыллар. Тырааныспар министиэристибэтигэр бырагыраама салгыы үлэлииригэр эрэннэрэллэр.