23 Сэтинньи 23.11
  • -23°
  • $ 102,58
  • 107,43

Саха сирэ - биэс иһигэр. Уһук Илин ханнык регионнарыгар учуутал хамнаһа саамай үрдүгүй?

13:24, 06 ноября 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Росстат иһитиннэрбитинэн, Уһук Илин учууталлара ыйга ортотунан 49 тыһ. солк. хамнас ылаллар. Саамай үрдүк хамнаһы Чукоткаҕа, оттон саамай намыһаҕы — Забайкальскай кыраайга. Саха сирэ бу рейтиҥҥэ бэһис турар. 


Чукотскай автономнай уокурукка учуутал ортотунан ыйга 99 042 солк. хамнастаах. Онтон Сахалин уобалаһа кэлэр – 86 760 солк. Магадан уобалаһыгар 78 984 солк., Камчаткаҕа – 71 191 солк. Саха сирин учууталлара ортотунан 60 608 солк. ылаллар.

Салгыы Приморскай кыраай оскуолаларыгар учууталлар 45 078 солк. хамнастаахтар, Хабаровскай кыраай – 44 361 солк., Амурскай уобалас – 39 747 солк., Еврейскай автономнай уобалас – 37 397 солк., Бурятия республиката – 34 464 солк. уонна Забайкальскай кыраай – 34 351 солк.

Маннык балаһыанньа регионнарга хамнас алын кээмэйин араастаһыытыттан көстөр. МРОТ кээмэйэ эбиилэргэ уонна коэффициеннарга олоҕурар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА