Регион салайааччыта Уһук Илиҥҥэ 2024 сылга социальнай-экономическай сайдыыга түмүктэри таһаарар мунньах туһунан уонна 2025 сылга инникилээн тутуллар соруктары кэпсээтэ.
Кини эппитинэн, мунньахха Уһук Илин федеральнайдааҕы уокурук 11 регионун баһылыктара бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта — Уһук Илиҥҥэ президент боломуочуйалааҕа Юрий Трутневка территорияларын сайдыытын кэпсээтилэр.
«Саха сирэ — Уһук Илиҥҥэ лидердэртэн биирдэстэрэ, ол туһунан Юрий Петрович хаста да бэлиэтээн эттэ. Биһиэхэ бастыҥ көрдөрүүлэр социальнай-демографическай сайдыыга бааллар. Олохпут уһунунан уонна төрөөһүммүтүнэн Уһук Илиҥҥэ лидер буоларбыт таһынан, дойдуга уон бастыҥ иһигэр киирэбит. Биһиги — экономика иэнинэн, бюджет систиэмэтигэр киирэр нолуок дохуотунан лидербыт», — диэтэ Айсен Николаев.
Айсен Николаев федеральнайдааҕы киин Саха сирин сайдыытыгар былаанын өйүүр. Мунньахха Ил Дархан туруорбут боппуруостарын Юрий Трутнев өйүүрүн биллэрдэ.