Кэлэр нэдиэлэҕэ Саха сирин олохтоохторугар муус устар 27 күнүгэр эбии өрөбүл күн буолар. Ити Өрөспүүбүлүкэ Күнүн бэлиэтээһини кытта сибээстээх.
Үлэ министиэристибэтигэр эппиттэринэн, эрэгийиэн сокуона өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлэнэр тэрилтэ үлэһиттэригэр сыһыаннаах. Федеральнай эбэтэр олохтоох бүддьүөттэртэн үбүлэнээччилэр уонна атын киэптээх тэрилтэлэр бэйэлэрин быһаарыыларыгар көрүллэр.
Быйыл муус устар 27 күнэ бэнидиэнньиккэ түбэһэр. Онон, кэлэр нэдиэлэҕэ үлэ күннэринэн 28, 29 уонна 30 чыыһылалар буолаллар.



