29 Кулун тутар 29.03
  • -10°
  • $ 92,26
  • 99,71

Саха мадьынылара норуоттар ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара ааты ыллылар

11:01, 07 октября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускайга ыытыллыбыт мас тардыһыыга аан дойду чөмпүйэнээтигэр кыайбыт спортсменнары РФ спордун миниистирин ыйааҕынан Арассыыйа норуоттар ардыларынааҕы кылаастаах спордун маастарын аатын иҥэрдилэр. Бочуоттаах ааты алта саха мадьыныта ылла.


Норуоттар ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара ааты Горнайтан Дьулустаан Ноговицын, Уус-Алдантан Дмитрий Попов, Томпоттон Ирина Севрюк, Амматтан Евгений Удин, Үөһээ Бүлүүттэн Наталья Черноградская уонна Дьокуускайтан Павел Черноградскай ыллылар.

Мас тардыһыытыгар сахалартан бастакынан итинник ааты Нам улууһуттан Сергей Константинов уонна Томпоттон Сергей Фролкин ылбыттара. Тустаах ыйаах бу сыл ыам ыйыгар тахсыбыта. Ити кэннэ норуоттар ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастарынан Смоленскай уобалас мадьыныта Виктор Колибабчук буолбута.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА