21 Сэтинньи 21.11
  • -31°
  • $ 100,22
  • 105,81

Саха киинэтэ "Окно в Европу" киинэ фестивалыгар кылаабынай бирииһи ылла

15:02, 14 декабря 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Степан Бурнашев «Хара хаар» киинэтэ бэҕэһээ Выборг куоракка ыытыллыбыт «Окно в Европу» киинэ фестивалыгар кылаабынай бирииһи ылла. Саха сирин олохтоохторо киинэни тохсунньу 21 күнүттэн көрүөхтэрэ.


Маны таһынан режиссер Степан Бурнашев Арассыыйа продюсердарын гилдьияларын 100 тыһ. бириэмийэлэринэн наҕараадаланна.

Фестиваль сценатыттан Степан Бурнашев тэрийээччилэргэ, бииргэ үлэлэспит хамаандатыгар махталын тиэртэ. «Киинэ ис хоһоонун өйдөөн, тыйыс усулуобуйаҕа бэйэлэрин кэрэйбэккэ бииргэ үлэлээбит дьоммор истиҥ махталбын биллэрэбин. Бу сыанаҕа бары бииргэ туруохтаах этибит», — диэтэ кини.

«Хара хаар» киинэ ыраах улуустарга таһаҕаһы тиэйэр Гоша диэн суоппар туһунан. Араас табаары кытары суоппар хаачыстыбата суох арыгыны тиэйэн, кырыы нэһилиэк олохтоохторун арыгылатар. Биир сырыытыгар суоппар арыгытын барыыстаахтык эккэ атастаһар уонна куоракка соҕотоҕун төннөргө быһаарынар. Ол иһэн суолга массыыната алдьанар. Суоппар тыйыс айылҕалыын турар бэйэтэ хаалар…

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА