Саха сирин боксёра Назар Андреев норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Александр Бахтин бириистэригэр «Удаканская медь» бүтүн Арассыыйатааҕы турнир кыайыылааҕынан буолла. Өссө икки саха уолаттара боруонса мэтээли ситистилэр, диэн СИА кэпсиир.
Турнир ааспыт нэдиэлэ устата буолан өрөбүллэргэ түмүктэннэ. 80 кг ыйааһыҥҥа Саха сирин аатыттан Назар Андреев кытынна. Кыһыл көмүс мэтээл иһин киирсиигэ Москубаттан сылдьар Михаил Лебедевы кыайда.
«Ыччат спартакиадатыгар иккис буолбутум ол иһин билигин Читаҕа бойобуой практиканы ааһаары кэлбитим. Күрэхтэһиигэ киирсибиппиттэн уонна кыайбыппыттан олус үөрэбин. Финалга киирсибит сопернигым куһаҕана суох этэ, хата хас да төгүл таба саайаммын күрэҕи болдьоҕун иннинэ түмүктээтибит. Урут Арассыыйа спордун маастарын нуорматын кэккэ биричиинэлэртэн сатаан толорботоҕум, бу сырыыга барыта табыллар ини диэн эрэнэбин. Мин сүрүн соругум — боксалааһын. Күһүн Читаҕа Арассыыйа чемпионата ыытыллыаҕа, онно бэлэмнэниэм», — диэн Назар Андреев үллэһиннэ.
Ону таһынан, 51 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа Ярослав Алексеев уонна 67 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа Арчын Пустоляков киирсэн, бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһиигэ боруонса мэтээли ылары ситистилэр.