29 Кулун тутар 29.03
  • -15°
  • $ 92,26
  • 99,71

Россия тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ 5 % кирэдьиити быһаара Саха сиригэр кэлиэҕэ

12:01, 27 апреля 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу соторутааҕыта “Россельхозбаан” 5 бырыһыаннаах кирэдьиит биэрэрин туһунан сонун тахсыбыта. Ол эрээри тыа дьонугар кирэдьиит бэриллэр усулуобуйата эридьиэстээх буолан биэрдэ.


“Бу туһунан Россия тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин Александр Ткачеву кытары көрсүһүүбэр ойуччу тутан кэпсэтэн турабын. Биһиэхэ бу кирэдьиит олус элбэҕи быһаарыахтааҕа. Холобур, билиҥҥи туругунан, үс сыл устата “Россельхозбаан” баара-суоҕа 30 мөл. солк. эрэ кирэдьиити биэрэн турар. Ити олус кыра. Уонна бу Саха сиринээҕи филиаллара кирэдьиит биэриитин, усулуобуйатын кыайан быһаарбат, боломуочуйата суох. Онон миниистиргэ Саха сиригэр кэлэн дьону-сэргэни кытары көрсөн, кэпсэтэн балаһыанньаны билис диэн бэс ыйыгар Дьокуускайга ыҥырдым. Миниистир бэс ыйын бүтүүтэ кэлиэҕэ диэн былаанныыбыт”, — диэн иһитиннэрэр Егор Борисов.

Санатан эттэххэ, Ил Дархан Егор Борисов бүгүн киэһэ сэттэттэн икки чаас устата “Саха” НКИХ быһа эфиргэ тахсан нэһилиэнньэ ыйытыыларыгар хоруйдаата. Боппуруостары “call”-киин нөҥүө төлөпүөнүнэн, батсаабынан уонна быһа эфир кэмигэр “скайп” нөҥүө улуустартан ыллылар. Быһа биэриигэ, быһа холуйан, 1500-тан тахса ыйытыы киирдэ. Боппуруостары үкүсн батсаап-нүөмэригэр ыыттылар.

edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА