Кэлэр үс сыл иһигэр Россия хас үһүс олохтооҕо бэйэтин бизнеһин арыйар баҕалаах. Ити эрээри үгүстэр онно билиибит, сатабылбыт тиийбэт дииллэр, үс гыммыт биирэ сатаныа суоҕа диэн толлор.
Маннык түмүгү «Предприниматели России: исследовательский мониторинг» (ПРИМ) таһаарда, Сбер «Общественное мнение» пуонданы уонна Минэкономразвитияны кытта ыытар.
2023 сыл түмүгүнэн чинчийиигэ 21% үлэлиир кыахтаах (18–64 саастаах) дьон предпринимательствоҕа бааллар, бу көрдөрүү 2022 сылтан уларыйа илик.
Кинилэртэн хас үһүс бизнескэ толору кэлэ илик.