23 Сэтинньи 23.11
  • -25°
  • $ 102,58
  • 107,43

Россияҕа спортсменнарга төлөнөр бириэмийэ кээмэйэ үрдээтэ

11:29, 26 декабря 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Норуоттар икки ардыларынааҕы уонна үрдүк таһымнаах национальнай спортивнай күрэхтэһиилэр кыайыылаахтарыгар уонна бириистээх миэстэлэргэ тиксибиттэргэ төлөнөр бириэмийэ кээмэйэ үрдээтэ. Бу туһунан ТАСС иһитиннэрэр.


Аан дойду таһымнаах олимпийскай, параолимпийскай уонна сурдлимпийскай спорт көрүҥнэригэр кыһыл көмүс мэтээли ылары ситиспит спортсменнарга төлөнөр бириэмийэ кээмэйэ 224 тыһыынча солкуобайтан 358,4 тыһыынча солкуобайга, үрүҥ көмүс мэтээл иһин — 112 тыһыынча солкуобайтан 179,2 тыһыынча солкуобайга, боруонса мэтээл иһин – 67,2 тыһыынча солкуобайтан 107,5 тыһыынча солкуобайга тиийэ үрдээтэ.

Европа чөмпүйэнээттэригэр кыһыл көмүс мэтээли ылбыттарга төлөнөр бириэмийэ кээмэйэ 112 тыһыынча солкуобайтан 179,2 тыһыынча солкуобайга тэҥнэстэ, үрүҥ көмүс мэтээл — 56 тыһыынча солкуобайтан 89,6 тыһыынча солкуобайга уонна боруонаса мэтээл — 33,6 тыһыынча солкуобайтан 53,8 тыһыынча солкуобайга.

«Ону тэҥэ Россия параолимпийскай кэмитиэтэ Аан дойдутааҕы параолимпийскай кэмитиэт чиэлиэнэ буоларыттан босхолонор кэмигэр уонна бүтүн Россиятааҕы чэпчэки атлетика федерацията Аан дойду чэпчэки атлетикаҕа федерацияларын ассоциациатын чилиэнэ буоларыттан босхолонор кэмигэр, бу көрүҥнэргэ Россия чөмпүйэнээттэригэр бириистээх миэстэлэргэ тиксибит спортсменнарга төлөнөр бириэмийэ кээмэйэ эмиэ үрдээтэ», – диэн этиллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА