Россия бырабыыталыстыбата Уһук Хоту уонна киниэхэ тэҥнээх территориялар саҥардыллыбыт испииһэктэрин бигэргэттэ, суруйар ТАСС.
«Испииһэк 1992-1994 сыллардаахха оҥоһуллубута, ол кэннэ элбэх уларыйыылары көрүстэ. Саҥа вариант дойду аныгы муниципальнай-территориальнай киэбигэр сөп түбэһэр», — диэтилэр миниистирдэр кабинеттарыгар.
Испииһэккэ киирдилэр Алтай, Бурятия, Карелия, Коми, Тыва, Забайкальскай, Красноярскай, Хабаровскай, Пермскай уонна Приморскай кыраайдар, Амурскай, Архангельскай, Иркутскай, Сахалинскай, Томскай уонна Тюменскай уобаластар, маны сэргэ Ханты-Мансийскай автономнай уокурук — Югра чаастара. Саха сирэ, Магаданскай уонна Мурманскай уобаластар, Ненецкэй, Чукотскай, Ямало-Ненецкэй автономнай уокуруктар уонна Камчатскай кыраай регионнара бүтүннүү киирдилэр.
Ыйыллыбыт территориялар олохтоохторо көрүллэр чэпчэтиилэринэн, судаарыстыбаннай мэктиэлэринэн уонна компенсацияларынан туһаналлар.
Докумуон 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн олоххо киирэр.
Хаартыска: ТАСС