Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин регионнар бөҕү аттаран уурар контейнердары ылыыларыгар субсидия көрүүтүн туһунан уураахха илии баттаата. Бу туһунан тустаах пресс-сулууспа иһитиннэрэр.
Судаарыстыбаттан өйөбүлү бөҕү аттаран дьаһайыыга оператордары кытта сөбүлэҥ түһэрсибит регионнар туһаныахтара. Маны сэргэ региоҥҥа бу сыалга нуорма-быраап актата ылыллыбыт буолуохтаах.
Субсидия регион бырабыыталыстыбатын уонна айылҕа министиэристибэтин икки ардыларынааҕы сөбүлэсиһиигэ олоҕуран бэриллэр.
Бу сыалга федеральнайдааҕы бюджекка 1 млрд солк саппаас тыырылынна. Бу үп 70 000 контейнер ыларга тиийэр. Харчы регионнарга сыл бүтүөр диэри тириэрдиллиэхтээх.