Атырдьах ыйын 3 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 151 га сир охсуллубут, 114 тыһ туонна от кэбиһиллибит. Бу туһунан СИАҕа бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров иһитиннэрэр.
От хомууругар 8,5 тыһ звено, 11 396 тыраахтыр үлэлиир.
Томпо улууһугар (41%), Уус Алдаҥҥа (46%), Өймөкөөҥҥө (52%), Ньурбаҕа (62%), Өлүөхүмэҕэ (64%), Сунтаарга (66%), Чурапчыга (73%), Хаҥаласка (78%), Намҥа (84%), Аммаҕа (85%), Мэҥэ Хаҥаласка (86%) оттонор туруктаахтар.
Михаил Никифоров Амур уобалаһыттан 11 202, Магадаантан — 2 250 туонна от ыларга барыллаан сөбүлэҥ түһэрсиллибитин эттэ. Улуустартан 17 мобильнай биригээдэни тэрийэргэ сайаапка киирбитин, кинилэр 35 838 туонна оту бэлэмниир соруктаахтарын эттэ.