22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Политолог Путин Саха сирин демографиятын тоҕо хайҕаабытын кэпсээтэ

Фото: pltf.ru
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирэ – Уһук Илиҥҥэ, олохтооҕун ахсаана эбиллэринэн, соҕотох регион буолар. Демография ситиһиитин Россия президенэ Владимир Путин хайҕаата.

Биэс сылга регион нэһилиэнньэтэ барыллаан 40 тыһ киһинэн улаатта, өрөспүүбүлүкэ Уһук Илиҥҥэ төрөөһүҥҥэ бастакы миэстэҕэ турар.

Судаарыстыбаннай консалтинг департаменын салайааччыта Григорий Добромелов эппитинэн, регион демографияҕа үчүгэй көрдөрүүтүнэн үгэс буолбут сыаннастары харыстааһыныттан уонна ыччаты өйүүр бэлиитикэни сөпкө ыытарыттан буолар.

Эксперт бэлиэтииринэн, Ил Дархан Айсен Николаев социальнай бэлиитикэҕэ федеральнай трендтары кытта бэйэтин үлэтин холбоон ыытар. «Россия дьиэ кэргэҥҥэ болҕомто уурар – ол туһунан Путин эттэ.  Үгэскэ кубулуйбут духуобунай, сиэр-майгы сыаннастарын харыстааһыҥҥа уонна бөҕөргөтүүгэ судаарыстыбаннай бэлиитикэ көннөрү ылыллыбатаҕа.  Саха сирэ маны сайыннарар, тэнитэр ыччакка, социальнай бэлиитикэҕэ. Ыччат инники олоҕор эрэллээх, ол үчүгэй демографическай түмүгү биэрэр. Николаев хамаандата өрөспүүбүлүкэ инникитин оҥорор», — диэн политолог «Ленскэй кулуупка» кэпсээтэ.

Сиһилии https://ysia.ru/politolog-rasskazal-pochemu-putin-pohvalil-yakutiyu-za-demografiyu/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА