14 Ыам ыйа 14.05
  • $ 91,63
  • 98,85

Петропавловскайга «Мегафон» кэллэ

15:04, 27 мая 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Уус Маайа улууһун Петропавловскай сэлиэнньэтигэр ыам ыйын 26 күнүгэр «МегаФон» сибээһэ холбонно.


Мобильнай хампаанньа тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннарын сибээһинэн хааччыйар бырагырааматыгар олоҕуран, кытыы сытар нэһилиэктэргэ улахан болҕомтотун ууран эрэр. Онон туһааннаах бырагыраамаҕа, петропавловскайдар эмиэ хабылыннылар. Петропавловскай өрөспүүбүлүкэ киин куоратыттан 400-кэ км тэйиччи сытар, 850-ча нэһилиэнньэлээх дьоҕус сэлиэнньэ.

Хампаанньа Саха сиринээҕи салаатын дириэктэрэ Александр Костерин: «Биһиги хаачыстыбалаах сибээһинэн хааччыйарга дьулуһан, билигин үгүс нэһилиэктэр биһиги сибээспитинэн хааччыллан олороллор», – диэн этэр.

Бүгүҥҥү туругунан «Мегафон» сибээһинэн өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун 80% хабыллан олорор.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА