15 Тохсунньу 15.01
  • -42°
  • $ 103,44
  • 106,25

От ыйын 9 күнэ. Ойуунускай олохтоох сэбиэттэри тэрийэргэ ыҥырбыт - Бикипиэдьийэ

09:01, 09 июля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

1918 сыллаахха Былатыан Ойуунускай олохтоох сэбиэттэри тэрийэргэ ыҥырбыта.

1922 сыллаахха И.П. Мизин хамандыырдаах кыһыл этэрээт Уус Маайа сэлиэнньэлэрин Петропавловскайы, Уус Маайаны, Троицкайы босхолообут.

1993 сыллаахха Канаадаҕа Хотугулуу-Арҕаа Территориялартан Нунавут диэн инуиттар (эскимостар) олорор киэҥ ол эрэн кыра нэһилиэнньэлээх сирдэрэ туспа территория буолан араарыллыбыт.

Бүгүн РФ уонна СӨ билимин үтүөлээх диэйэтэлэ, РАЕН академига, биология билимин дуоктара, профессор, Ил Түмэн дьокутаата Леонид Владимиров төрөөбүт.


Бэлиэ күннэр:

Түбэлтэлэр:

  • 1401 — Тимур Джалаиридтар султанааттарыгар кимэн киирбит, Багдад куораты урусхаллаабыт.
  • 1762 — Сыл аҥаара Арассыыйаны салайбыт ыраахтааҕы Петр III (Петр I кыыһын уола, аҕата ньиэмэс) саагыбар оҥорон былаастан туораппыттар, кини оннугар ойоҕо Екатерина II (кэргэн тахсыан иннинэ Пруссия куоратын принцессата этэ) бүрүстүөлгэ олорбут. Биир уоллаахтар этэ (кэлин ийэтэ өлбүтүн кэннэ Павел I диэн ыраахтааҕы буолбута). Петр III биир нэдиэлэ буолан баран өлөн хаалбыта, хайдах өлбүтэ чопчу биллибэт, дьоҥҥо геморройтан сылтаан сүрэҕэ тохтообут диэн быһаарбыттара.
  • 1791 — Мачиннааҕы кыргыһыы — Репнин салайааччылаах нуучча армията туроктары Мачин (Мэчин, Macin, Румыния) диэн куорат таһыгар үлтүрүппүт. Бу кыргыһыы Яссатааҕы эйэлэһиини түргэтэппитэ.
  • 1816 — Аргентина Испанияттан тутулуга суоҕун биллэрбит күнэ.
  • 1918 — Центросибирь бэрэстэбиитэлэ, Сэбиэскэй былааһы олохтооһун инструктора Былатыан Ойуунускай Саха сирин үлэлээн иитиллээччилэригэр туһаайан олохтоох сэбиэттэри тэрийэргэ ыҥырбыта.
  • 1922 — И.П. Мизин хамандыырдаах кыһыл этэрээт Уус-Майа сэлиэнньэлэрин ПетропавловскайыУус Майаны, Троицкайы босхолообут.
  • 1944 — Аан дойду иккис сэриитэ бүтүүтүн саҕана Тали-Ихантала кыргыһыытыгар Сэбиэскэй Сойуус кимэн киириитин Финляндия тохтоппут. Онон сэрии кэнниттэн Финляндия тутулуга суох капиталистическэй дойдунан хаалбыт.
  • 1985 — Кырсаһыт Семен Горохов (14.09.1930 төр.) Социалистыы Үлэ Дьоруойа буолбут.
  • 1993 — Канаадаҕа Хотугулуу-Арҕаа Территориялартан Нунавут диэн инуиттар (эскимостар) олорор сирдэрэ туспа территория буолан араарыллыбыт. Бу Арктикаҕа сытар олус киэҥ уонна кыра нэһилиэнньэлээх сир (2012 сыллаахха — 33 тыһ. киһи).
  • 2002 — Африка Холбоhуга тэриллибит. Бу холбоһукка 1 миллиард кэриҥэ нэһилиэнньэлээх Африка дойдулара бары киирэллэр. Штаб-кыбартыырата Эфиопия киин куоратыгар Аддис-Абебаҕа баар.

Төрөөбүттэр:

  • 1930 — П. В. Григорьев төрөөбүт, САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ (1989 өлбүт).
  • 1932 — Николай Берестов — композитор, Дьокуускайдааҕы музыка училищетын учуутала..
  • 1959 — Леонид Владимиров — РФ уонна СӨ билимин үтүөлээх диэйэтэлэ, РАЕН академига, биология билимин дуоктара, профессор, Ил Түмэн дьокутаата.

Өлбүттэр:

  • 2010 — Василий Роббек — Саха Өрөспүүбүлүкэтин наукатын Академиятын академика, тыл үөрэҕин билимнэрин доктора, Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын Институтун төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, 1992 сылтан 2008 сыллаахха диэри салайбыта.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА