22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Орто Халыма улууһун олохтооҕор өрөспүүбүлүкэ Аҕаларын сүбэтин саамай үрдүк наҕараадата туттарылынна

16:07, 12 ноября 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Эр киһи, аҕа оруола уопсастыбаҕаа инники күөҥҥэ тахсарыгар бары кыһаллабыт. Быйыл улуустарга саҥа талыллыбыт баһылыктар ордук патриотическай иитиигэ уонна аҕа оруолун үрдэтиигэ үлэлэрин анаатылар. Орто Халыма улууһугар Лаптев Иван Васильевич улуус баһылыгынан талыллыбыта, солбуйааччытынан Явловская Александра Петровна. Кинилэр үлэлэрин ыраахтан истэ олорон үөрэбин.

Куйаар ситиминэн бу сарсыарда Орто Хлыматтан олус үчүгэй сонун кэллэ.

Өрөспүүбүлүкэ Аҕаларын сүбэтин саамай үрдүк наҕараадатын 66 саастаах 7 оҕо амарах аҕатыгар, тыа хаһаайыстыбатын үлэһитигэр, Налимскай нэһилиэк олохтооҕор Кудрин Афанасий Васильевичка улуус дьаһалтатын дьиэтигэр, салалта, уопсастыбаннас кыттыылаах үөрүүлээх түгэҥҥэ туттардылар. Бу туһунан уопсастыбанньык Любомир Михайлов дириҥ ис хоһоонноох суруйуутун сэҥээрэ аахтым.

Онно маннык суруйар: “Билиҥҥи кэмҥэ тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир дьоммутун өрүү өрө тутан, бочуокка илдьэ сылдьыахтаахпыт, махтаныахтаахпыт. Ол курдук Афанасий Васильевич оҕолору иитиигэ, чөл олоҕу өрө тутууга, сиэрдээх, чиэһинэй, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буоларга, Аҕа оруола үрдүүрүгэр элбэх үлэни ыыта сылдьарын биһирии уонна хайҕыы иһиттим.

Ол курдук 20 сыл тухары 5- 15 оскуола оҕотун кытта сайын аайы лааҕырга 10-45 тонна оту оттоон, айылҕаны харыстыырга, балыктыырга, сөтүөлүүргэ, сир аһын хомуйарга, тыынан устарга үөрэнэн, саха үгэстэрин өрө тутан, үлэҕэ кэргэнинээн оҕолору үөрэтэ сылдьаллара хайҕабыллаах дьыала. Маннык хара үлэҕэ сыстыбыт, айылҕалыын алтыспыт оҕо инники олоҕор араас эйгэҕэ элбэх ситиһиилэнэр, үлэһит оҕолортон дьон чулуулара, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолан, кэлин амарах Аҕалар, күн күбэй Ийэлэр тахсалларын биһиги кэтээн көрөбүт уонна билэбит. Варвара Николаевна, Афанасий Васильевич Кудриннар дьиэ кэргэннэрэ нэһилиэнньэни үрүҥ аһынан, этинэн быыстала суох хааччыйа олороллор. Орто Халыма куоратын, Налимскай нэһилиэгиттэн чугас турар нэһилиэк дьоно Афанасий Васильевичтаах үрүҥ астарынан, эмис эттэринэн күндүлэппит, чэгиэн доруобуйалаах буолбут оҕо-аймах, дьон элбэҕин сэрэйиэххэ эрэ сөп.

Ытыктабыллаах Афанасий Васильевичка уонна кини дьиэ кэргэнигэр өрөспүүбүлүкэ Аҕаларын түмсүүтүн аатыттан (салайааччы Айхал Иванович Габышев, толорооччу сэкирэтээр Майя Галактионовна Назарова) улаханнык махтанным уонна сэмэй кинигэ уонна Дьокуускай куорат Аҕа сүбэтин аатыттан вымпелбытын бэлэхтээтим. Бу курдук, Орто Халыма улууһун дьаһалтата Аҕа сүбэтэ улууска, куоракка, нэһилиэктэргэ тэрийиитин ылсыһан эрэллэриттэн, биһиги өрөспүүбүлүкэ Аҕа сүбэтин түмсүүтүн аатыттан улахан махталбытын тиэрдэбит” диэн суруйбут.

Тус бэйэм Кудриннар дьиэ кэргэн үтүө холобурун уруккуттан билэбин. Кинилэр тустарынан олохтоох Орто Халыма устуудьуйа элбэхтик көрөрбүтэ да, кэпсээбитэ даҕаны. Оҕону патриотическай иитиигэ үгүс кылааттарын киллэрбит ыал. Инники олохторугар бары үчүгэйи баҕарабын.

Ааптар: Марина Винокурова, Дьокуускай

Куйаар ситимиттэн хаартыскалар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА