22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Оҕуруктаах өйдөөх түөкүн дьахтар сууттанна

13:57, 30 июня 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

   Дьокуускай куорат федеральнай суута 49 саастаах дьахтарга бириигэбэр таһаарда.

   Суут быһаарбытынан, бу дьахтар түптээх үлэтэ суох буолан, наркологическай диспансерга бииргэ эмтэммит дьахтара толору хааччыллыылаах дьиэтигэр соҕотоҕун олорорун билэр буолан, ол дьиэни бэйэтигэр ыларга быһаарыммыт.

Ол санаатын толорон, 2012 сыл ыам ыйыттан от ыйыгар диэри кэмҥэ буокка атыылаһан, дьахтары күндүлүүр аатыран, иһэрдэ сылдьыбыт. Дьахтар доруобуйата мөлтөөбүтүнэн туһанан, кыбартыыраны куортамҥа биэрэллэригэр тылын ылыннарбыт. Уонна ону ситиһэргэ нотариус бигэргэтиитэ наада диэн, дьиэ докумуоннарын көрдөөн ылбыт.

Ол кэнниттэн нотариуска бэйэтин аатыгар доверенность оҥотторон баран, кыбартыыраны 2 мөл. 100 тыһ. солк. суумаҕа атыылаабыт, харчытын тус наадаларыгар туттубут.

Итинэн тохтооботох. Дьахтар эрэйдээҕи үлэҕэ киллэриэм диэн албыннаан, Новосибирск куоракка илдьэн, арыгылааһынтан босхолоно сатыыр дьон реабилитационнай кииннэригэр туттарбыт.

  Суут оҕуруктаах өйдөөх дьахтары РФ Холуобунай кодексатын 159-с ыст. 4-с чааһынан, ол эбэтэр, атын киһи баайын-малын албыннаан туран, сокуоннайа суохтук иҥэринэн, ураты бөдөҥ кээмэйдээх хоромньуну оҥорон түөкүннээһиҥҥэ, буруйдааҕынан билиммит. Уонна 5 сылга уопсай режимнээх холуонньаҕа көҥүлүн быһарга уурбут.

Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Прокуратурата иһитиннэрдэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА