117 271 оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрээһиннээхтик атаарар. Ким эбии үөрэххэ дьиэттэн олорон дьарыктанар, ким дьиэ кэргэнин кытары атаарар. Оттон хоту, арктическай улуустарга оҕолор күнүскү лааҕырдарга сылдьаллар. Бу туһунан СИАҕа үөрэх министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бэс ыйын 1 күнүттэн Саха сиригэр эбии үөрэхтээһин уонна уруогу таһынан дьарык бырагыраамата онлайн бара турар. Үөрэх министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, эбии үөрэхтээһининэн 43 170 (оҕо уопсай ахсааныттан 29,89 %) үөрэнээччи хабыллан дьарыктанар.
Дьиэ кэргэнин кытары 73 080 оҕо сынньанар.
Хоту (арктическай) улуустарга – Абыйга, Булуҥҥа, Муомаҕа, Эдьигээҥҥэ, Усуйаанаҕа, Орто, Аллара Халымаларга, Уус – Маайаҕа, Кэбээйигэ, Томпоҕо — 30 күнүскү сынньанар, доруобуйаны бөҕөргөтөр лааҕыр үлэлиир. Манна барыта 706 о5о сылдьар.
Сиһилии манна аах https://ysia.ru/leto-s-polzoj-v-yakutii-bolee-80-detej-shkolnogo-vozrasta-ohvacheny-organizovannym-otdyhom/