22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ньурбалар киэн туттар Василий Николаевтарын кэриэһигэр быыстапка Санкт-Петербурга буолла

10:01, 15 декабря 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үтүө киһи аата үс үйэ тухары ааттанар диэн мээнэҕэ саха омугар этиллибэт. Сахабыт сирэ аан дойду үрдүнэн ураты айылҕалааҕынан, ханна да хатыламмат дириҥ историялааҕынан аатырар, ону тэҥэ араас эйгэҕэ дэгиттэр дьоҕурдаах дьонунан биллэр.

Хас биирдии улууска, түөлбэҕэ бэйэ киэн туттар дьоно баар буолар. Биир оннук киһинэн Ньурба улууһун Өҥөлдьө нэһилиэгиттэн төрүттээх, талааннаах педагог, уһулуччу айар дьоҕурдаах, РСФСР Үөрэҕириитин туйгуна, «Саха-Азия оҕолоро» пуонда стипендиата, РСФСР Үтүөлээх учуутала, уран илиилээх норуот маастара Василий Николаевич Николаев буолар. Кининэн төрөөбүт улууһун дьоно-сэргэтэ, үөрэммит, өр сылларга үлэлээбит Чуукаар нэһилиэгин олохтоохторо киэн тутталлар.

Василий Николаевич Намнааҕы педучилищены бүтэрэн баран Чуукаар нэһилиэгэр үөрэммит оскуолатыгар төннөн, 30 сыл устата кэнчээри ыччакка уруһуй уонна чэрчиэнньэ учууталынан үлэлээбитэ. Кэлин улуус киинигэр Ньурбатааҕы А.Н. Чусовской аатынан техническэй лицейгэ учууталлаабыта.

Талааннаах киһи барытыгар талааннаах дииллэринии, оҕо-аймах, дьон-сэргэ ытыгылыыр киһилэрэ айылҕа кэрэ көстүүлэрин холустаҕа түһэрэн үйэтиппитэ. Ону таһынан линогравюра, ксилография, монументальная графика хайысхаларга үлэлэрэ. Ону, чуолаан, Чуукаар орто оскуолатын эркиннэрэ кэрэһилиииллэр.

Талааннаах педагог өссө биир дьикти дьарыгынан — мастан, удьурхайтан, бэл диэтэр силистэн-мутуктан кыһан, чочуйан, араас оҥоһуктары оҥоруута буолар. Итини таһынан Василий Николаевич санаатын сурукка түһэрэн, үгүс хоһоону суруйан хаалларбытын кинини билэр дьоно долгуйа ахтар. Бу курдук кини айар үлэтин, олорон ааспыт олоҕун сиһилии киэҥ араҥаҕа билиһиннэрэр санаалаах Василий Николаевич оҕолоро, үс кэрэ куо кыргыттара Вера, Александра, Светлана Санкт-Петербург куоракка аҕаларын үлэлэринэн быыстапка тэрийдилэр.

«Дом национальностей» биир саалатыгар Василий Николаев хартыыналара, мастан оҥоһуктарын кэпсиир хаартыскалар тохсунньу 20 күнүгэр диэри туруорулуннулар.

Быыстапканы үөрүүлээхтик арыйыы тэрээһинигэр искусствоны сэҥээрээччилэр, Санкт-Петербург куорат олохтоохторо уонна Саха сириттэн кэлэн олохсуйбут биир дойдулаахтар тоҕуоруһа муһуннулар. Тэрээһини Норуоттар музыкаларын уонна фольклордарын музейын методиһа, М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы култуура колледжын преподавателэ Варвара Обоюкова иилээн-саҕалаан ыытта, мустубут дьону Василий Николаевич олоҕун тойугунан хоһуйан сөхтөрдө. Маны таһынан «Дьөҥкүүдэ кыталыктара» оҕолор ансаамбылларын кыттыылаахтара киэһэни киэргэттилэр.

Быыстапкаҕа кэлбит дьон олус да талааннаах киһи олорон ааспытын, эбиитин төрөппүт оҕолоро аҕаларын туйаҕын хатаран, эмиэ айар үлэ умсулҕаныгар уһаарыллан, анал идэни баһылаан кэрэни кэрэхсии, удьуор утумун салҕыы сылдьалларын бэркиһии көрдө.

Ол курдук Василий Николаевич уонна кини олоҕун эрэллээх аргыһа, педагог, РФ Үөрэҕириитин туйгуна Саргылана Николаевналыын орто кыыстара Александра Санкт-Петербурга олорор, Россияҕа, аан дойдуга Za_Za брендынан биллэр модельер-дизайнер, үгүс муода подиумнарын кыттыылааҕа. Кыра кыыстара Светлана архитектор-дизайнер идэлээх, урбаанньыт. Улахан кыыстара Вера Мииринэй оройуонун судьуйата.

Киһи өссө үөрэрэ диэн — оҕолору ааһан, эһээлэрин ааттатар сиэннэр эмиэ искусство эйгэтигэр уһаарыллыыллара буолар. Ол курдук Николаевтар дьиэ кэргэн соҕотох уоллара Егор оҕото, эһэтин аатынан ааттаммыт Василий Николаев П.П. Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай училище выпускнига. Өссө биир сиэннэрэ Амелия Корякина Санкт-Петербургдааҕы художественнай оскуола 3-с кылааһын үөрэнээччитэ.

Онон Николаевтар дьиэ кэргэн эргиччи уус, айымньылаах дьон буолалларын дойдубут култуурунай киинигэр мустааччылар илэ көрөн итэҕэйдибит, сөхтүбүт-махтайдыбыт.

Быыстапка кэмигэр дьиэ кэргэн улахан кыыстара Вера Васильевна эппит тыллара хас биирдии кэлбит киһиэхэ долгутуулаахтык киирдилэр.

«Быыстапка аҕабыт сырдык кэриэһигэр ананна. Ыарахан ыарыы эмискэ илдьэ барбатаҕа буоллар, күндү киһибит быйыл 75 сааһын туолуохтаах этэ. Биһиги кини үлэлэрин дьон духуобунай өттүнэн баай буоларыгар баҕаран туран Санкт-Петербурга аҕаллыбыт. Аҕабыт оҥорон хаалларбыт айымньылара кэрэҕэ угуйа, дойдуга тапталы күүһүрдэ туруохтара, дьоҥҥо истиҥ сыһыаннаах, үөрэххэ-билиигэ тардыһыылаах буоларга иитиэхтэрэ диэн эрэлбит улахан. Онон биһиги ыҥырыыбытын ылынан, билэр-билбэт дьоммут кэлбиккитигэр дириҥ махталбытын тиэрдэбит«, — диэтэ.

Ааптар: Анфиса Слепцова, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Санкт-Петербург к.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА