21 Балаҕан ыйа 21.09
  • $ 92,58
  • 103,38

Ньурба улууһа байыаннай дьайыыга кыттар биир дойдулаахтарыгар көмөлөһөр

11:37, 18 сентября
Хаартыска: НВК Саха ТГ-ханаал
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Балаҕан ыйын 17 күнүгэр «Ньурба куорат» түмсүү кыттыылаахтара уонна маҕаһыын салайааччыта Валерий Андреев СВО-ҕа сылдьар биир дойдулаахтартарыгар көмөнү оҥордулар, НВК Саха телеграм-ханаал суруйар.

Ол курдук, «Ньурба куорат» түмсүүттэн М.Д. Саввинова, А.С. Самсонова, Р.К. Андреева, М.Р. Гоголева, Н.А. Васильева, Г.Г. Васильева, О.Е. Николаева байыастарга диэн таҥас арааһын атыылаһан, Валерий Валериевич биэрбит спортивнай мотоциклын, таҥастарын Дьокуускай куоракка Ньурба улууһун бэрэстэбиитэлэ Прокопий Чымыровка туттарбыттар.

Кыра да буоллар сэмэй кылааппытын дойдубут кыайарын, уолаттарбыт барахсаттар бары этэҥҥэ дьиэлэригэр эргиллэллэрин туһугар киллэрдибит. Барыгытыгар улахан махтал диэн «Ньурба куорат» түмсүү кыттыылаахтара махтаналлар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА