Анал байыаннай дьаһалга кыттар байыаннай сулууспалаахтарга Саха сирин олохтоохторуттан тиийэр өйөбүллэрэ санааларын бөҕөргөтөр. Кинилэр биир дойдулаахтара туора турбаттарыттан киэн тутталлар. Ол туһунан «Саха» НКИХ араадьыйаҕа таһаарыытын дириэктэрэ Николай Бястинов «Редколлегия» бырайыак таһаарыытыгар кэпсээтэ.
«Биһиги сарсыарда инники кирбиигэ бойобуой соруктары толоро сылдьар уолаттары көрүстүбүт. Кинилэр, киэһэ төһө да сылайбыттарын иһин, биһигини кытта көрсүһүүгэ кэлбиттэрэ. Биһиги кинилэргэ баран иһэрбитин истэн, утары кэлбиттэр, биһигини харыстаан. Баһыылкалары тириэртибит, интервью ыллыбыт, кэпсэттибит. Олус үөрбүттэрэ», — диэн кэпсээтэ Николай Бястинов.
Байыаннай кэрэспэдьиэн бэлиэтээбитинэн, уолаттар санаалара бөҕөх, бойобуой. Бары байыаннай сулууспалаахтар кыайыыга дьулуһаллар. «Биһиги кэпсэппит уолаттарбыт бары өрөспүүбүлүкэҕэ махталларын ыыталлар, кинилэри өйүүллэрин уонна наадалааҕынан хааччыйалларын иһин», — диэтэ кини.
Суруналыыс эппитинэн, хааччыйыы үрдүк таһымҥа тутуллар. «Олохтоохтор, волонтердар, биир дойдулаахтар түмсүүлэрэ – бары баһыылка ыыталлар, ону биһиги тирэх пууннарбыт аадырыска тириэрдэллэр. Бу барыта уолаттарбыт бойобуой санааларын бөҕөргөтөр, байыастар киэн тутталлар, кинилэргэ өйөбүл баарынан, Саха сириттэн сылдьалларынан», — диэтэ Николай Бястинов.
Кини сахалар инники кирбиигэ да бары өттүнэн бэлэмнээх усулуобуйалаахтарын, онно тыа сиригэр олорбут уопуттара, булка-алка сыһыаннара төрүөт буолбут. «Блиндажка киирбиппитигэр, атаххыт таҥаһын устуҥ диэбиттэрэ. Иһэ ып-ыраас, көбүөр тэлгэнэ сытар. Барыта ыраас, чэбэр. Сахалары бары хайҕыыллар, хаппырыыһа суохтар дииллэр, элбэх уопуттаахтар, олоххо бэлэмнэрэ үрдүк диэн», — диэтэ Николай Бястинов.