Суукка иһигэр Саха сиригэр биэс баһаары — Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Нерюнгри уонна Мииринэй оройуоннарыгар умуруордулар. Ол эрээри бэс ыйын 26 күнүн сарсыардатыгар Ленскэй, Мииринэй, Нерюнгри, Томпо уонна Хаҥалас оройуоннарыгар 11 баһаар турара биллэр, уопсай иэнэ 2529 га. Умуруорууга 237 киһи уонна 11 тиэхиньикэ үлэлиир.
Сезон саҕаланыаҕыттан 152 баһаар (11 тыһ. га) бэлиэтэммит. Тэҥнээн көрдөххө, былырыын баччаҕа 151 баһаар (53,8 тыһ. га) турбут, ол эбэтэр иэнэ биэс төгүл улахан.



