Судаарыстыбаннай өйөбүллээх Уһук Илиҥҥэ саҕаламмыт үс тыһыынча инвестиционнай бырайыактан чиэппэрэ түмүктэннэ. Уокурук сайдыытын туһунан премьер-миниистир Михаил Мишустин Госдуумаҕа отчуотун кэмигэр эттэ.
Сүрүн бэлиэтээһиннэр:
2023 сылга макрорегион экономикатыгар уонна социальнай эйгэтигэр үстэн тахса триллион солк көрүлүннэ.
«Дальневосточная концессия», «Единая президентская субсидия» уонна «Дальневосточный гектар» бырагыраамаларынан түөрт сылга тыһыынча кэриҥэ социальнай уонна инженернай инфраструктура эбийиэктэрэ олоххо киирдилэр. Сир учаастагын 120 тыһ киһи ылла.
Тырааныспар сибээһин таһыма улаатта, Уһук Илин федеральнай уокурук иһигэр. Үс сылга чэпчэтиилээх тарыыбынан Биир кэлим Уһук Илиннээҕи авиахампаанньа 800 тыһ тахса киһини тиэйдэ.