22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үлэһити сарбыйыыга ким түбэспэтий?

14:49, 21 ноября 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сыл ахсын социальнай ситимнэринэн «бүддьүөт үлэһиттэрин сарбыйаллар үһү» диэн сураҕы тарҕаталлар. Ол эрээри, кэккэ үлэһиттэри ууратары үлэ кодексата бобор. Кимнээх көмүскэллээхтэрий?


Биир идэлээхтэр сойуустарын үлэһиттэрин декадатын чэрчитинэн, сыл ахсын СӨ Уопсастыбаннай киинигэр куорат тэрилтэлэриттэн юристар мустан, нэһилиэнньэ мунаарар ыйытыыларыгар хоруйдууллар.

Сэтинньи 20 күнүгэр РФ биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатыттан, РФ нолуок сулууспатын Саха сиринээҕи салаатыттан, уо.д.а. тэрилтэлэртэн үлэһиттэр, нотариустар, адвокаттар биирдиилээн дьоҥҥо сүбэ-ама биэрдилэр. Дьон үксэ нолуок боппуруостарын, биэнсийэ, уоппуска ааҕыллыытын, үлэттэн уурайыы, сарбыллыы төһө сөпкө ыытылларын интэриэһиргээн ыйыталаста.

Наталья Барковская, профсойуустар федерацияларын үлэ правовой инспекциятын салайааччыта:

—  Үлэ кодексатын быһыытынан, хат дьахтары, соҕотоҕун инбэлиит оҕону 18 сааһыгар диэри иитэр ийэлэри, эбэтэр 14 сааһыгар диэри оҕолоох соҕотох дьахтары, 3 сааһыгар диэри оҕолоох ийэлэри (толору дьиэ кэргэн эмиэ ааҕыллар) үлэһит ахсаанын сарбыйыыга киллэрэр көҥүллэммэт. Элбэх оҕолоох ыалы ылан көрдөххө, өскөтүн 14 сааһыгар диэри үс, онтон элбэх кыра оҕолоох ыалга биир төрөппүт үлэтэ суох түгэнигэр, соҕотох иитэр-аһатар киһилэрин үлэһити сарбыйыынан ууратар бырааптара суох. Ол эрээри, тэрилтэ сабылыннаҕына, ити бобуу тарҕаммат. Өскөтүн үлэһити сарбыйыы буолар түгэнигэр икки ый инниттэн сэрэтиэхтээхтэр уонна атын үлэни булан биэриэхтээхтэр, атын сиргэ да буолуон сөп.

Оттон үлэ бириэмэтигэр нуорма таһынан үлэлиир дьон нэдиэлэ аайы күннэтэ 18 чаас кэнниттэн хаалан үлэлиэхтээхтэр диэн буолбатах. Сокуон быһыытынан, биирдэ эмит көрүллүөхтээх. Коллективнай дуогабар быһыытынан, кинилэргэ 3 күнтэн итэҕэһэ суох эбии уоппуска төлөнүөхтээх. Нуорма таһынан үлэлиир дьону бырааһынньыкка уонна өрөбүлгэ үлэҕэ тахсалларын курдук күһэйэр табыллыбат. Үлэһит бэйэтэ сөбүлэстэҕинэ, булгуччу бирикээс таһааран, кини үлэтэ үрдэтиллибит кээмэйинэн төлөнүөхтээх, эбэтэр эбии өрөбүл күн бэриллиэхтээх. Арай саахал, ыксаллаах быһыы-майгы таҕыстаҕына биирдэ үлэһит сөбүлэҥэ суох өрөбүлгэ үлэҕэ ыҥырар бырааптаахтар.

Онон үөһэ этиллибит соҕотох ийэлэри, икки төрөппүттэн биирэ үлэлээбэт үстэн ордук кыра оҕолоох ыал иитээччитин үлэһити сарбыйыыга ыытар сокуон быһыытынан, көҥүллэммэт.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА