20 Сэтинньи 20.11
  • -38°
  • $ 81,93
  • € 89,86

Өлүөхүмэҕэ 2015 сыл бастыҥ ыччаттарын чиэстээтилэр

09:23, 14 января 2016
Текст:
Читайте нас на

Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар ыччат политикатыгар 2015 сыл бастыҥнарын эҕэрдэлээтилэр.

«Ыччат политикатыгар бастыҥ муниципальнай тэриллии» номинация кыайыылааҕынан «Кыыллаах нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии буолла.

«Сыл лидерэ» — Надежда Острякова, Өлүөхүмэтээҕи оҕо искусствотын оскуолатын педагога, Өлүөхүмэ куорат.

«Сыл ыччат общественнай тэрилтэтэ» — «Кэскил» ыччат спортивнай-сынньанар киинэ, салайааччы Валерий Гудков, Өлүөхүмэ куорат.

«Сыл доброволеһа» — Виктория Березина, Өлүөхүмэ оройуонугар «СӨ МФК» ГАУ салаатын начальнига, Өлүөхүмэ куорат.

«Сыл эдэр суруналыыһа» — Мария Григорьева, Өлүөхүмэ куорат.

«Сыл эдэр ыала» — Дьулустаан уонна Людмила Алексеевтар, Өлүөхүмэ куорат.

«Сыл бастыҥ эдэр исписэлииһэ» — Василий Лазарев, информатика учуутала.

«Ыччат баала» көрдөөх-нардаах киэһээҥи корпоративынан түмүктэннэ.

Ирина Большедворская 

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА