Булуҥ улууһун Кумах-Сурт мэччирэҥэр билигин 80-85 тыһ кыыл таба өлүөнэ-өлөөн үөрэ сайылыы сылдьар. Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ кыыл табаны көҥүлэ суох бултааһын бобуулааҕын, табалары криолитозона кыһалҕаларын үөрэтэр биологическай институт кэтиирин туһунан СИАҕа этэр.
Министиэристибэ Булуҥ улууһун Кумах-Сурт мэччирэҥэр сылдьар дьиикэй табалары Булуҥ улууһун олохтоохторо бултаспаттарыгар этэр. Кыыл табаны көҥүлэ суох бултааһын бобуулааҕын, атыыр таба өлүгүн иһин 90 тыһ солкуобайга, оттон тыһы таба иһин 150 тыһ солкуобайга ыстарааптаныахха сөбүн санатар.
Дьиикэй табалары криолитозона кыһалҕаларын үөрэтэр биологическай институт спутниковай радио-моойторук көмөтүнэн быһа маныырын туһунан иһитиннэрэр.
Сотору кэминэн 65 000 га иэннээх “Кряж Чекановского” диэн ураты харыстанар сир бырайыага бүтүө. Бу сир кыыл табаны ууһатарга, үрдүк төрүөҕү ыларга, улаатыннарарга ананыаҕын туһунан министиэристибэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.