12 Ахсынньы 12.12
  • -43°
  • $ 103,27
  • 108,56

Өктөмҥө Михаил Николаевка анаммыт мемориальнай комплекс тутуохтара

11:02, 02 ноября
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Ил Дархан Айсен Николаев архитектура управлениетын салайааччыта Любовь Папогу уонна АБ «GRD:» бэрэстэбиитэллэрин кытта көрүстэ. Куонкурус түмүгүнэн кинилэр Хаҥалас улууһун Өктөм сэлиэнньэтигэр Михаил Николаевка өйдөбүнньүк мемориальнай комплекс тутуутун оҥорооччу буолаллар.

Өрүттэр кэпсэтиилэрин кэмигэр хас да бырайыак көрдөрүлүннэ. Баһылык комплекс ис хоһоонугар хас да сорудах биэрдэ уонна саҥа тутуллар эбийиэк Михаил Николаев олоҕун чаҕылхай түгэннэрин кэпсиир буолуохтааҕын бэлиэтээтэ. Кини эппитинэн, оһуобай болҕомто бастакы президент өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар киллэрбит кылаатыгар ууруллуохтааҕа этилиннэ.

Мемориал оҥоруутугар бииргэ үлэлээбит дьонун уонна уопсастыбаннас этиилэрэ учуоттаныахтаахтар, маны сэргэ Михаил Николаев тус бэйэтин көстүүтүн чуолкайдык тириэрдиигэ экспертэри кытта үлэ ирдэнэрин эттэ.

«Сорох деталлар чуолкайданнылар, билигин хамаанда бырайыактыыр-сметалыыр докумуону оҥорууга ылсар. Быйыл бүтүөхтээх бу үлэ. Ол кэнниттэн тутууга сыана оҥорор регионнааҕы кииҥҥэ тириэрдиллэр. Сөп диэн буолла да, комплекс тутуута саҕаланар», — диэтэ Любовь Папок.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА