Саха сирин былааһа бэс ыйын 15 күнүгэр диэри 9000 медицина үлэһитин онлайн-бырагыраама көмөтүнэн коронавируһу эмтииргэ анал үөрэҕи аһардыахтаах. 3 тыһ. тахса киһи кууруһу барда, диэн ТАСС-ка регион үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирэ Михаил Сивцев эттэ.
«Саха сирин доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтин дааннайынан, 9 тыһыынча медицина үлэһитин орто звенота коронавируһу эмтииргэ үөрэниэхтээх. 5,5 тыһыынча истээччи үөрэҕи ааһар. Квалификацияны үрдэтии иһин дастабырыанньаны 3 тыһ. киһи тутта. Бэс ыйын 15 күнүгэр диэри биһиги орто медперсоналы барыларын үөрэҕинэн хабыахтаахпыт«, — диэтэ миниистир Михаил Сивцев.
Үөрэх Дьокуускайдааҕы, Алданнааҕы уонна Нерюнгритааҕы медицина колледжтарыгар, Жатайдааҕы техникумҥа баазаланан ыытыллар. Бырагыраамалар уонна методикалар тэрилтэ электроннай платформаларыгар хатаммыттар.
«Бу бырагыраамалар аккредитациялаахтар. 36 чаас уһуннаахтар. Теориялаах уонна практикалаах. Видеоуруоктар туттуллаллар, хас биирдии түһүмэххэ тестовай хонтуруолунай үлэ оҥоһуллар«, — диэтэ Сивцев.