21 Сэтинньи 21.11
  • -31°
  • $ 100,22
  • 105,81

Кириэс-Халдьаайыга эдэр ыал соцхантараагынан сүөһү ииттэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Томпо улууһун Кириэс-Халдьаайытыгар Руфовтар кэтэх хаһаайыстыбаларыгар социальнай хантараак бырагырааматынан сүөһү ииттэллэр.

Хаһаайын Алексей Владимирович баһаарынай чааска үлэлиир, кэргэнэ Светлана үс сыл бэтэринээрдээбитэ. Үс оҕолоохтор.

Элбэх оҕолоох ыалга дохуот наада. Руфовтар, төрөппүттэрин холобуругар, сүөһү иитэргэ сананан, соцхантараак быргырааматыгар сайабылыанньа биэрбиттэрэ. Томпотооҕу социальнай көмүскэл управлениета эдэр ыалы кытта дуогабар түһэрсэр, үлэ саҕаланар.

Көрүллүбүт 225 тыһ солк ыанар ынах, икки бороон, ньирэй уонна ынах ыыр аппарат атыылаһаллар. Сайын сүөһүлэрин кыстатар отторун булуналлар.

Ааптар Евдокия Неустроева, «Томпонский вестник» хаһыат сайта.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА