2 Ыам ыйа 02.05
  • $ 91,78
  • 98,03

Көтөр фабриката сыллааҕы былаанын номнуо куоһарда

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ньурбатааҕы Көтөр фабриката – тыа хаһаайыстыбатыгар тумус туттар бастыҥ үлэлээх баар-суох улахан тэрилтэбит. Сымыытын Ньурбаҕа уонна таһынааҕы Бүлүү улуустарыгар эрэ буолбакка, суол баар кэмигэр Дьокуускайга, Ленскэйгэ, Өлөөҥҥө, Эдьигээҥҥэ уонна Мэҥэ Хаҥаласка тиийэ ыытан батарар. 

Быйыл даҕаны сыл түмүктэнэ илигинэ, сыллааҕы былааннарын номнуо 112% толорон, дьоһун түмүгү ситистилэр.Тэрилтэ үлэтин туһунан дириэктэр Петр Гаврильевы кытта кэпсэттибит.

— Фабрикаҕа 48874 куурусса кыстаан турар, — диир Петр Иннокентьевич. – Сыллааҕы былааммыт — 10 мөл. 174 тыһ. устуука сымыыт. Күн бүгүн 11 мөл. 485 устууканы ыллыбыт, ол эбэтэр былаан туолуута 112%-ҥа тэҥнэстэ. Сыл түмүгүнэн 118%-ҥа тахсарбыт буолуо диэн сабаҕалыыбыт. Күннэтэ ортотунан 44200 сымыыт тахсар, ол эбэтэр 123 дьааһык сымыыт.

Геннадий Антонов, @gazetanyurba @ulusmedia

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА