22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ирбэт тоҥ ирэр

11:01, 06 ноября 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Аан дойдуга килиимэт уларыйан эрэрэ Саха сиригэр эмиэ биллэр. Кыһыммыт сымнаата, сөҥүү араастаан түһэр, урукку өттүгэр суох от-мас үүнэр уонна сир ньуура алдьанар-кээһэнэр буолла.


“Туох да көмө суох эбит”

Чурапчы улууһун Сылаҥ нэһилиэгэр, урукку сопхуос Чараҥ диэн бааһынатыгар, 1980-с сыллартан саҕалаан тутуллубут түөлбэ баар. Манна билигин уон аҕыс ыал олорор. Бөһүөлэккэ саҥа уһаайба сирэ суох буолан, Чараҥҥа дьиэ туттан олохсуйуон баҕалаах киһи бастаан элбэх курдук эбит эрээри, кэнники сылларга ыаллар бу түөлбэттэн тэскилиир эрэ аатыгар баран эрэллэр. Ити төрүөтүнэн сир ньуура тостон, онон-манан былларыттан тахсыталаабыта, дьиэлэр акылааттара хамсаан, сиигирэн, тэллэйгэ ылларбыттара, сорох ыаллар дьиэлэригэр саас-күһүн аайы уу киирэн эрэйдиирэ буолбут. — Онон Чараҥ дьон олороругар төрүт табыгаһа суох буолла, — диир нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга Егор Сивцев. — Бу ыаллары атын сиргэ көһөрөргө көмөлөһөр туох да өйөбүл, биир да бырагыраама суох, ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ халаантан эмсэҕэлээбит түбэлтэҕэ эрэ биллэриллэр эбит. Инньэ гынан, туох быыс-хайаҕас көстөрүнэн сүүрэ-көтө, туруорса сатыыбыт да, билиҥҥитэ суохтан атын тугу истэ иликпит.

Килиимэт сылыйыыта диэн тугуй?

Бу боппуруоска туох көрүүлээҕин билсээри көрсүбүппүтүгэр, Арассыыйа наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын П.И. Мельников аатынан Ирбэт тоҥу чинчийэр научнай институт дириэктэрин наукаҕа солбуйааччы, география наукатын хандьыдаата Александр Федоров маннык кэпсээтэ:

— Сир ийэ айыллыаҕыттан килиимэт сылыйыытын да, тымныйыытын да балаһа кэмнэрэ солбуйса тураллар. Ааспыт уон тыһыынча сыл устата килиимэт сылыйыыта алта төгүл кэлэ сылдьыбыт, олортон саамай улаханнара биэс-сэттэ тыһыынча сыл анараа өттүгэр буолбут, ол кэмҥэ аан дойдутааҕы сыллааҕы орто температурата 1,5 оС кыраадыс сылыйбыт эбит. Килиимэт сылыйыыта 1990-с сыллартан күүскэ бара турар. Манна ордук Хотугу полюстан чугас сытар ирбэт тоҥноох дойдулар: Аляска, Канада, Гренландия, Арассыыйа Арктикатааҕы өттө, ол иһигэр Саха сирэ хабылыннылар. Өскөтүн аан дойду үрдүнэн сыллааҕы орто температура 0,7 оС кыраадыс сылыйбыт буоллаҕына, бу дойдуларга 2-3,5оС кыраадыска тиийдэ. Саха сирин ыллахха, Дьокуускайга салгын температурата 1830 сылтан саҕалаан кээмэйдэнэр, ити кэмтэн түмүллүбүт чахчынан көрдөххө, 1980-с сылларга диэри улахан уларыйыы суох, онтон кэлиҥҥи түөрт уон сыл устатыгар салгын сыллааҕы орто температурата 2,5С курдук үрдээбит. 1970-с сылларга минус 10С буоллаҕына, билигин минус 7,5С, оттон хотугу улуустарга сыллааҕы орто температура 1,5-2С үрдээбит. Килиимэт уларыйан, киин уонна илин эҥээр улуустар температуралара соҕурууҥу улуустар (Өлүөхүмэ, Ленскэй) киэннэрин курдук буолбутун, кыһыммыт быдан сымнаабытын билэ сылдьаҕыт.

Алаастар

Ирбэт тоҥ тарҕанан сытыыта тус-туһунан. Киин, илин эҥээр уонна хотугу улуустарга ирбэт тоҥ балаһата 300-1000 миэтэрэ халыҥынан биир күдьүс кэлимсэ тэнийбит буоллаҕына, соҕурууҥу улуустарга бысталаммыт арыылар курдук сытар уонна чараас. Холобур, Ленскэй улууһугар ирбэт тоҥ сүрүннээн маардарга эрэ баар. Өлүөнэ уонна Амма өрүстэр кирбиитигэр сытар илин эҥээр улуустар алаастарынан биллэллэр. Алаас диэн хаһан эрэ түҥ былыр, эмиэ сылыйыы кэмигэр, ирбэт тоҥ ириитин түмүгэр үөскээбит, ортотугар күөллээх эбэтэр көлүйэлээх, ону тула хонуу (мэччирэҥ биитэр ходуһа) сирдээх, үрдүк сыырдаах, ол үөһэ ойуурунан эргиччи тулаламмыт сир. Сүөһүнү иитиигэ табыгастааҕын иһин, өбүгэлэрбит алаастарынан тарҕанан олорбуттара, кэлин олорго бөһүөлэктэр үөскээбиттэрэ. Дьэ бу улуустарга ирбэт тоҥ балаһата биир күдьүс кэлимсэ тэнийэн сытар, итиэннэ сир аннынааҕы ытаһа мууһа бэрт чугас баар. Алаастар, бааһыналар уонна бөһүөлэктэр кытыыларыгар “быллаардар” диэн ааттанар, былларыттан тахсыбыт курдук төгүрүк, дьоҕус томтордордоох уонна олору иилии сииктээх, сороҕор уулаах аппалардаах сирдэр баар буолалларын өйдөөн көрөргүт чахчы. Итилэр сир ириититтэн, сир аннынааҕы ытаһа муус ириититтэн үөскээбиттэр. Бүлүү эргин улуустарга урут быллаардар суох буолаллара эрээри, бу кэнники сылларга Үөһээ Бүлүү, Ньурба диэки көстүтэлээн эрэллэр. Оттон бэс ойуурдаах, кумахтаах уонна кумах булкаастаах сирдэр муустара суох буолан, ирбиттэрин да иннигэр улаханнык айгыраабаттар. Онон, итинник сирдэргэ, холобур, өрүстэр сүнньүлэригэр, Бүлүү куоратыгар, Солобуда Амматыгар, Туймаада хочотугар итинник куттал суоһаабат.

Быраҕыллыбыт эрэ бааһына алдьанар буолбатах

Дьон “быраҕыллыбыт бааһына эрэ алдьанар” диэн сыыһа саныыр. Дьиҥинэн, ити айылҕа дьайыыта, буолуохтаах, буола турар даҕаны көстүү. Холобур, биһиги Чурапчы таһыгар кэтээн көрбүт биир бааһынабыт ирбэт тоҥун мууһа 26 сыл устатыгар 50 сантиметр ирдэ! Сир ирэн, ньуура тостон, бастаан быллаар тахсар, сыыйа ол уутуйан, иэйэ үөскүүр, онтон улаатан, дүөдэҕэ кубулуйар, кэлин мууһа бүтүннүү ууллан, тыымпы буолар. Даҕатан эттэххэ, 1950-с сыллартан “быллаар”, “иэйэ”, “дүөдэ” уонна “тыымпы” диэн саха тыллара ирбэт тоҥ мууһа ирэр түһүмэхтэрин бэргэнник ойуулаан көрдөрөр буолан, Аан дойду ирбэт тоҥу үөрэтэр наукатыгар тиэрмин быһыытынан туттуллаллар. Сир ньуура алдьаныыта Чурапчы Сылаҥар эрэ буолбатах, илин эҥээр улуустарга барыларыгар баар. Сир ирэн, ньуура тостон, дьиэлэр акылааттара хамсыыр, сиигирэр Биһиги эдэр учуонайдарбыт биир улууска оҥорбут ыйытыктарыгар кыттыбыт дьон 72 %-на “дьиэм акылаата хамсаата”, 37 %-на “дьиэм тэллэйдэннэ”, онтон 15 %-на “саас уонна күһүн уу киирэр” диэбиттэр. Бу улуустар бөһүөлэктэрин туруктара сөмөлүөт көтөр үрдүгүттэн ырылхайдык арыллар: ыаллар уһаайбаларын, суол-иис ньуура көнө буоллахтарына, бөһүөлэк кытыыта барыта быллаар, ханан эрэ өссө дүөдэлээх. Ити тоҕото өйдөнөр: дьон уһаайбатын, суолу-ииһи мэлдьи көрөр-истэр, уу хоноору гыннаҕына, ону хорор, аппа үөскээн эрэр түбэлтэтигэр, мас сыыһын, киини, буору кутан дэхсилээн кэбиһэр, оттон бөһүөлэк кытыыта дьаалатынан алдьана, айгырыы турар. Килиимэт сылыйыыта төһө уһуннук барарын билгэлиир кыах суох. Арай биири чопчу этэр наада: салгыы маннык буолар түбэлтэтигэр, сир-уот айгырааһына күүһүрэн иһиэҕэ. Онон, Сылаҥ баһылыга сылыйыы дьон олоҕор-дьаһаҕар охсуутун болҕомтоҕо таһаара сатыырын биһириибин. Килиимэт сылыйыытыттан көмүскэнэр дьаһалы тэринэр уонна ону тустаах сокуонунан бигэргэтэр уолдьаста, ону ааһан хойутуур кутталланна. Ирбэт тоҥ, айылҕа харыстабылын күүһүрдэн, үгэс буолбут салаалары (табаны, сүөһүнү-сылгыны иитиини, сиртэн үүнээйини ылыыны), итиэннэ дьиэни-уоту тутууну, суолу оҥорууну килиимэт сылыйыытын учуоттаан тэринэр ирдэнэн иһиэҕэ. Ханнык баҕарар улууска куттала суох сирдэр эмиэ бааллар, дьэ, олору таба тайанан, дьиэни-уоту туттуохха наада.

Түмүкпэр сахам дьоно туһаналларыгар манныктары сүбэлиибин:

1. Мас да дьиэни үрдүк атахха, биир миэтэрэ кэриҥэ буор кутан баран, хара муостатын анныгар турба уган тутар ордук.

2. Акылаата түспүт дьиэни көтөхтөххө, термосифон оҥоруллар. Онно кыраһыыны биитэр дизуматыгы куттахха, аллара түһэн, ирбит сирин тоҥорон кэбиһэр.

3. Улахан эбийиэктэри (хотону, гарааһы, о.д.а.) сэндвич-панель, пенобетон курдук чэпчэки матырыйаалларынан тутуҥ. Хотоҥҥо элбэх уу тахсарын быһыытынан, акылаатын эмиэ үрдэтэн оҥоруҥ, канализациятын ситимин кичэйиҥ. Ханнык баҕарар кыра да, улахан да эбийиэги тутарга анал үөрэхтээх исписэлиистэр сүбэлэригэр тирэҕириҥ.

4. Мууһа ирэн, былларыттан тахсыбыт сири мас сыыһын ыһан, ол үрдүнэн буор кутан син оһоруохха сөп.

5. Айылҕаны харыстааҥ, мас олордуутун күүскэ тэрийиҥ. Ирбэт тоҥноох сир айылҕата уларыйыытын учуонайдар күүскэ үөрэтэллэр, араас сэминээрдэр уонна кэмпириэнсийэлэр тиһигин быспакка ыытыллаллар, олорго сылдьыҥ, кыттыһыҥ, санааҕытын этиниҥ, бу тиэмэҕэ тахсар ыстатыйалары хасыһан ааҕыҥ.

Аныгы наука этэригэр саха үгэс буолбут төрүт ньымаларын дьүөрэлэһиннэрэн туһаныҥ.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА