Президент Владимир Путин ипотека бырагыраамаларын мас дьиэни индустриальнай ньыманан туттууга эмиэ тарҕатары эттэ. Бу туһунан суруйар «Парламентская газета».
Ойуур комплексын сайдыытын уонна декриминализациялааһын боппуруостарынан балаҕан ыйыгар буолбут мунньах түмүгүнэн мас дьиэ туттуутугар ипотека бырагырааматын тарҕатыыга быһаарыы таҕыста.
Сорудах бырабыыталыстыбанан кэлэр сыл от ыйын 1 күнүгэр диэри толоруллуохтаах.
Эрдэ бэрэссэдээтэл Михаил Мишустин тыа сиригэр дьиэ туттуутугар эбэтэр атыылаһыытыгар чэпчэтиилээх ипотека бырагырааматын усулуобуйатыгар уларытыылары киллэриигэ уураахха илии баттаабыта.