22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Индигирка өрүскэ муус төрдүгэр таҕыста

16:01, 05 июня
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Индигиркаҕа муус төрдүгэр таҕыста. Саха сирин хотугу өрүстэригэр балаһыанньа хайдаҕын ЫБММ Саха сиринээҕи управлениета кэпсээтэ.

Халымаҕа муус Аллараа Халыма туһаайыытынан устар. Алын тардыыта Черскайтан 100 км аллара баар, уу таһыма 413 см, кутталлааҕа 600 см. Үөһэ тардыыта — Черскэйтэн 70 км аллара бэлиэтэнэр.

Алаһыайга муус эмиэ Аллараа Халыманан ааһар. Аллара тардыыта Андрюшкиноттан 170 км аллара, уу таһыма 688 см, кутталлааҕа 920 см. Үөһэ тардыыта – Андрюшкиноттан 30 км аллара.

Анаабырга муус Анаабыр оройуонунан айанныыр. Алын тардыыта Үрүҥ Хайаттан 45 км аллара, үөһэ тардыыта — 25 км аллара Үрүҥ Хайаттан.

«Уу таһыма кутталлаах бэлиэҕэ бэлиэтэммэт. Ууга барбыт территория суох», – диэтэ управление начаалынньыга Павел Гарин.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА