26 Муус устар 26.04
  • -7°
  • $ 92,13
  • 98,71

Ил Түмэҥҥэ өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын сэбиэтэ тэрилиннэ

15:54, 01 марта 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүгүн, кулун тутар 1 күнүгэр, Ил Түмэҥҥэ өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын мунньаҕа буола турар. Мунньах программатынан депутаттар эбиэккэ диэри үс боппуруоһу көрдүлэр.


Ил Түмэн иһинэн муниципальнай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллээх уорганнарын депутаттарыттан 75 чилиэннээх Сэбиэт тэрилиннэ. Бэрэссэдээтэлинэн Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков, бэрэссэдээтэли солбуйааччыларынан Ил Түмэн олохтоох салайыныы боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Василий Местников, Дьокуускай куорат Думатын бэрэссэдээтэлэ Александр Саввинов, президиум чилиэннэринэн промышленнай оройуоннартан Нерюнгри мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Валерий Селин, Бүлүү умнаһын улуустарыттан Ньурба улууһун мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Сергей Евсеев, киин улуустартан Горнай улууһун мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Алквиад Тарасов, илин эҥэртэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин, хоту улуустартан Өймөкөөн улууһун мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Татьяна Алферова талылыннылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА