20 Муус устар 20.04
  • -2°
  • $ 93,44
  • 99,58

Ил Дархан Кубогар саахымаччыттар күрэхтэһиилэрин арыллыыта саҕаланна

15:31, 24 января 2023
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүгүн, тохсунньу 24 күнүгэр, Россия саахымакка Кубогын бастакы түһүмэҕэ Дьокуускайга ыытыллар — «Саха сирин баһылыгын Кубога». Күрэхтэһиигэ аҕыс регион бэрэстэбиитэлэ кыттар, кинилэр ортолоругар билиҥҥи Кубок кыайыылааҕа баар, суруйар СИА.

Билигин күрэхтэһиигэ 44 спортсмен регистрацияланна, састаап таһыма үрдүк.

Үрдүк национальнай рейтиннээх саахымаччыттар испииһэктэрин Россия Кубогын хаһаайына, Москваттан Борис Грачев иилиир. Салгыы ТОП-ка норуоттар ардыларынааҕы гроссмейстердар Михаил Кобалия (Москва), Антон Шомоев (Бурятия), 16 саастаах гроссмейстер Володар Мурзин (Москва уобалаһа), Дмитрий Кряквин (Крым), ФИДЕ маастара Хабаровскай кыраайтан Олег Рычков бааллар.

Испииһэги Саха сирин бэрэстэбиитэллэрэ салгыыллар, олор ортолоругар — регион чемпиона Дмитрий Егоров. Владимир Таппыров, Денис Назаров, Юрий Родионов, Нариман Мустафин, Айсен Местников, Николай Захаров, Айтал Местников, Роман Ганжуров кини кэнниттэн рейтиннээхтэр.

Ил Дархан Кубогын өрөгөйдөөх арыллыыта бу билигин Национальнай художественнай музейга саҕаланна. Күрэхтэһии олунньу 1 күнүгэр диэри ыытыллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА