22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ил Дархан эдэр педагогтар хамнастарын 75 % тиийэ үрдэтэргэ сорудахтаата

19:06, 23 августа 2023
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев бүгүн үөрэх үлэһиттэрин Атырдьах ыйынааҕы сүрүн мунньаҕар тыл этэригэр, эҕэрдэлииригэр үөрэх тэрилтэлэрин каадырынан хааччыйыы суолталааҕын ыйан туран, эдэр педагогтар хамнастарын акылаатын 75% диэри үрдэтэргэ сорудахтаата.

“Быйылгы үөрэх үлэһиттэрин Атырдьах ыйынааҕы мунньаҕар каадыр, педагогическай кылаастары тэрийии туһунан боппуруостарга болҕомто уурдулар. «Эдэр учуутал хамнаһа намыһах буолан орто, үрдүк үөрэхтэри бүтэрбит педагог идэлээх дьон оскуолаҕа уһуннук тохтооботтор. Маны быһаарар ирдэнэр. Онон 0-3 сыл педагогическай ыстаастаах эдэр педагогтарга хамнастарын 75%-ҥа диэри эбэр туһунан этии киллэрэллэригэр өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбаларыгар сорудахтыыбын» — диэн Ил Дархан Айсен Николаев этиитин педагогтар, уопсастыбаннас үөрэ истибитин ытыс тыаһынан биллэрдэ.

Итини таһынан, үс сыллаах дуогабар түһэрсэн үлэлии барар эдэр педагогтарга Бырабыыталыстыба аадырыстаах көмө көрүү бэрээдэгин бигэргэппитин иһитиннэрдэ. Ол эбэтэр кинилэргэ көмө быһыытынан үс ыйдааҕы акылаат төлөнөрүн таһынан, бырабыыталыстыба үлэлии барар сирдэригэр айаннарын төлөбүрүн уйунуоҕа. Онон Педагог уонна уһуйааччы сылынан быйылгы эдэр педагогтарга хаһааҥҥытааҕар даҕаны улахан юолҕомто уурулунна диэн бэлиэтиир тоҕоостоох.

Людмила Попова, Саха сирэ

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА